Уважаемые жители Якутска, дети и их родители!
Поздравляю всех вас с замечательным, солнечным праздником – Международным днем защиты детей!
Детство – это самая светлая, прекрасная пора. Это время, когда ребенок открывает мир, познает новое, верит в чудеса, радуется приходящему дню и мечтает о будущем. И эта счастливая пора должна быть под надежной защитой.
Международный день защиты детей напоминает нам, что именно мы, взрослые, несем ответственность за судьбу и будущее каждого ребенка. Мы должны сделать всё, чтобы сформировать и укрепить правовую защищенность наших детей, чтобы наши дети росли здоровыми, счастливыми, гармонично развивались, чтобы они получили уверенный старт в жизни.
Сегодня в городском округе «город Якутск» создаются все необходимые условия для получения качественного, доступного образования, организации отдыха и полезной занятости детей. Юные якутяне достойно представляют город и республику на различных конкурсах, соревнованиях, раскрывают свои дарования в творчестве, успешно проявляют себя в учёбе. Наша задача и дальше поддерживать это стремление, развивать таланты, направлять их энергию в нужное русло.
Дорогие ребята! Впереди – долгожданное лето, замечательная пора новых открытий, игр и отдыха. Желаю вам отличного отдыха во время летних каникул, радости общения с родителями и друзьями, новых открытий и ярких, незабываемых впечатлений! Пусть осуществляются ваши детские мечты, а родные окружают вас заботой и любовью!
Председатель Якутской городской Думы Альберт Семенов
Ытыктабыллаах Дьокуускай куорат олохтоохторо, оҕолор уонна төрөппүттэр!
Эһигини күн сардаҥата аргыстаах бырааһынньыгынан – Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнүнэн эҕэрдэлиибин!
Оҕо саас киһи олоҕор саамай сырдык, дьоллоох кэминэн буолар. Кырачаан киһихас үүнэр күнтэн үөрэр, тулалыыр эйгэни, саҥаны билэр-көрөр, алыптаах түгэҥҥэ итэҕэйэр кэминэн буолар. Ол курдук оҕо бу дьоллоох кэмэ эрэллээх уонна көмүскэллээх буолуохтаах.
Аан дойдутааҕы оҕо көмүскэлин күнэ биһиэхэ, улахан дьоҥҥохас биирдии оҕо дьылҕата туруктаах буоларыгар эппиэтинэстээхпитин өссө төгүл санатар. Ол курдук оҕо бырааба күөмчүлэммэтин, оҕо аймах сокуонунан көмүскэллээх, доруобай, чэгиэн буола улаатарыгар кыһаллыахтаахпыт. Кыра саастарыттан сайдалларыгар усулуобуйа оҥоруохтаахпыт, улахан олоххо эрэллээхтик үктэнэллэригэр көмөлөһүөхтээхпит.
Дьокуускай куоракка оҕолор тоҕоостоох уонна хаачыстыбаннай үөрэҕи ылалларыгар, сынньалаҥнарын туһалаахтык атааралларыгар бары усулуобуйа оҥоһуллар. Саха сирин кэнчээри ыччаттара улахан таһымнаах араас куонкурустарга уонна күрэхтэһиилэргэ Дьокуускай куорат уонна өрөспүүбүлүкэлэрин аатын түһэн биэрбэт курдук ситиһиилээхтик кытталлар. Айар дьоҕурдарынан, билиигэ тардыһыыларынан чугас дьоннорун үөрдэллэр. Кинилэр бу дьулуһууларын өйүүр биһиги сорукпутунан буолар, талааннаран сайыннарар, эрчимнэрин сөптөөх хайысханан ыыталларыгар кыһаллыахтаахпыт.
Күндү оҕолор! Эһиэхэ үтүө күннэр тосхойдулар – күүтүүлээх самаан сайыҥҥа оонньуур-көрүлүүр, саҥа арыйыылары оҥорор кэрэ кэм. Сайын үчүгэйдик сынньанаргытыгар, төрөппүттэргитин, доҕотторгутун кытары утумнаахтык алтыһан, күүс-уох ыларгытыгар баҕарабын. Эһиги баҕа санааларгыт туоллуннар, чугас дьоҥҥут тапталларыгар угуттанан көдьүүстээхтик сынньаныҥ.
Дьокуускай куорат Думатын бэрэссэдээтэлэ Альберт Семенов